Иһинээҕитигэр көс

Денали

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Денали хайата

Денали диэн Хоту Америкаҕа ордук үрдүк чыпчаал. Үрдүгэ - 6 193.6 миэтирэ.[1] Аляска сис хайатын оротугар баар. 1896 сыллаахтан 2015 сыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр дылы Мак-Кинли (ааҥыл. Mount McKinley) диэн аттанара. XIX үйэ саҕаланыытыгыра Россия империятын ордук улахан чыпчаала этэ, уонна Большая гора диэн ааттааҕа.

Денали хайата Аляска сис хайатын ортотугар баарю Анкориджтан быһа холоон 209 километр ыраах хоту-арҕаа өттүгэр, онтон Фэрбэнкс куораттан 249 километр соҕуруулуу-арҕаа сытар,

Аатын остуоруйата

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Атабаски индеецтар тылларыттан тылбаастаатахха Денали диэн "Улуу хайа" диэн.

Нууччалар Алясканы колонизация бара турарыгар судургутук Улахан хайа диэн ааттыыллара, сорох дьон ону индеестар тылларыттан тылбаас арааһа буолар диэн толкуйдууллар.

Уильям Диккей 1896 сыллаахха Хоту Америка ордук улахан чыпчаалын булан ол бириэмэҕэ талыллыбыт 25-с АХШ Президенын фамилиятынан ааттаппыт. Ол аат 1917 сыллаахтан 2015 сыллаахха дылы туттуллубута.

1975 Аляска географическай ааттарын Сэбиэтэ Мак-Кинли аатыттан Денали диэҥҥэ уларыппыт. Аляска сокуону таһаарар тэрилтэтэ сөбүлэспит уонна АХШ географическай ааттарын Сэбиэтигэр ол таһаарыыны көрдөрбүлгэ ыыппыт. Ол гынан баран аатын уларытыы Ральф Рагула конгрессмен-республиканец боппут, тоҕо диэн Мак-Кинли кини куоратыттыгар төрөөбүт. Кини өлбүтүн кэннэ эрэ бу боппуоруоска төннүбүттэр.

2015 сыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр АХШ Президена Барак Обама аатын төттөрү уларытарга уурааҕы илии баттаабыт.[2][3].


  1. Elevations and Distances in the United States Архыыптаммыт 2008, Бэс ыйын 1 күнүгэр. Retrived on July 25, 2007
  2. Sally Jewell. Secretarial Order No. 3337(ааҥл.). U.S. Secretary of the Interior (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 4 Балаҕан ыйын 2015.
  3. Обама переименовал высочайшую гору США Мак-Кинли в Денали. РИА Новости (31 Атырдьах ыйын 2015). Тургутулунна 4 Балаҕан ыйын 2015.


Халыып:US-geo-stub

  翻译: