Иһинээҕитигэр көс

Дьимми Уэйлс

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Дьимми Уэйлс

Дьимми Донал Уэйлс (Jimmy Donal Wales) (Атырдьах ыйын 7, 1966) диэн АХШ Интэриниэт урбаанньыта уонна Бикипиэдьийэ тэрийсээччитэ. Дьимбо (Jimbo) диэн хос ааттаах.

Уэйлс төрөөбүт сирэ Хантсвилл, Алабама. Кини кыра чааhынай оскуоланы бүтэрбитэ уонна хас да университекка үөрэммитэ. Үп бакалавра уонна магистра. Хас да сыл устата Чикагоҕа үп фирматыгар үлэлээбитэ. 1996 c. Уэйлс икки партнердарыныын Bomis диэн интэриниэт компанияны олохтууллар. Бу компания Bomis.com көрдөбүл порталга рекламаны атыылаан харчы өлөрөрө. Ол харчы Нупедия (2000-2003) уонна Бикипиэдьийэ энциклопедиялар бастакы үбүлээhиннэригэр угуллубута.

2001 c. Уэйлс Ларри Сэнгердыын Бикипиэдьийэ диэн көҥүл, аһаҕас иhинээҕилээх (ааҥл. Open content) энциклопедияны олохтууллар. Бикипиэдьийэ дьоҥҥо-сэргэҕэ биллиитэ улааппытын кэннэ Уэйлс бырайыак өрө таhаарааччыта уонна кэпсээччитэ буолбута. Wikimedia диэн Бикипиэдьийэнэн салайар барыhа суох тэрилтэ (пуонда) үөскэтээччитэ уонна сүбэтин кыттааччыта. 2004 c. Уэйлс Андьела Бизли Старлиҥныын Wikia диэн уэбхостиҥ сервиhын тэрийэллэр.

  翻译: