Иһинээҕитигэр көс

Шота Руставели

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Шота Руставели

Шота Руставели (груз. შოთა რუსთაველი, 11721216 сыллар эргин) — Грузияҕа XII үйэҕэ олоро сылдьбыт поэт, Грузия литературатын классига, судаарыстыбаннай диэйэтэл.

Ордук биллэр үлэтэ — Баабыр таҥастаах бухатыыр (Сэмэн Руфов тылбааһыгар «Тиигир таҥастаах бухатыыр»), Грузия национальнай поэмата.

Олоҕун туһунан сибидиэнньэлэр аҕыйахтар. «Руставели» диэн хос ааты төрөөбүт сириттэн ылбыт - Рустави. Ол саҕана Рустави диэн ааттаах сир хас даҕаны эбит[1]. Сорох төрүттэр этэллэринэн биллэр аҕа ууһун сыдьаана эбит, Рустави майораатын бас билэрэ.

Поэматыгар киириигэ айымньы Тамаара сарыыссаны хайҕаан айыллыбытын туһунан суруллар. Поэма тиһэх устуруокаларыгар ааптар бэйэтин месх дэнэр [2]. Грецияҕа үөрэммит, зол кэннэ Тамаара сарыысса хааһынатын харайааччы буолбут (1190 сыллааҕы аактаҕа илии батаааһына баар). Ол саҕана Грузия күүстээх дойду этэ, эдэр сарыысса поэзияны көҕүлүүрэ.

Суруга

«Баабыр таҥастаах бухатыыр» поэма араас тылларга тылбаастаммыта. Бастаан 1712 сыллаахха Тбилиси куоракка бэчээттэммитэ.


  翻译: